13.11.2024

Үлэ киһини киэргэтэр

Олунньу 16 күнүгэр Баҕадьатааҕы сынньалаҥ киинигэр , ыарахантан чаҕыйбакка араас үлэни өрө туппут, нэһилиэкпит сайдыытыгар төһүү күүс буолбут, сэмэй кылааттарын киллэрсибит биир дойдулаахтарбытын ахтан-санаан ааһар “Үлэ киһини киэргэтэр” диэн төгүрүк остуол тула кэпсэтии буолла.

Киирии, эҕэрдэ тылы сынньалаҥ киинин салайааччыта Алексеева Н.В. эттэ. 1Лүүчүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үөрэҕэрии ветерана, нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Васильев Т.Д. аҕа көлүөнэ дьоннорбут хайдах үлэлээн-хамсаан кэлтэрин истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан кэпсээтэ, эдэр ыччакка бэйэтин баҕа санаатын, кэс тылын тиэртэ.

Нэһилиэк библиотекара, үлэ ветерана, 1 Лүүчүн бочуоттаах олохтооҕо Андреева Д.А. нэһилиэк историятыттан, урукку кэмҥэ тэриллибит “Кыһыл Алаас”, “Кыһыл Арыылаах”, “Молотов” колхозтарга үлэлээбит ытык дьоннорбут үлэлэрин-хамнастарын туһунан сырдатта. Бөдөҥсүйбүт “Молотов” аатынан колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Яковлев К.Н. икки сиринэн олорор (Баҕадьа, Арыылаах) дьонун түмэн таһаарыылаахтык, сатабыллаахтык салайан “Мөлүйүөннээх колхоз” аатын ылбыттарын, кэлин “Мукучу” совхоз туспа тэриллибитин кэннэ 2№-х биригээдэ (Баҕадьа, Арыылаах) үлэһит туруу дьоно хайдах курдук бэриниилээхтик үлэлээн, өрүү пятилетка, социалистическай куоталаһыы кыайылаахтарынан тахсалларын кэпсээтэ.

Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Саввинова А.И. оскуола кэнниттэн, оччотооҕу “Оскуола -производства -үрдүк үөрэх” девиһинэн Арыылаах ыччат-комсомольскай ферматыгар үлэлээбит кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан ааста.

Ити курдук, кэлбит дьон бары да, урукку уонна билиҥҥи кэмнэргэ үлэ тэриллиитэ – тэтимэ хайдах уларыйан испитин, тэҥнээн, санаа атастаһан астынан тарҕастылар.
Библиотекарь: Андреева Д.А.

Поделиться ссылкой:

Авторизация
*
*
Регистрация
*
*
*
Пароль не введен
Генерация пароля
Продолжая использовать наш сайт, вы даете согласие на обработку файлов cookie, пользовательских данных (сведения о местоположении; тип и версия ОС; тип и версия Браузера; тип устройства и разрешение его экрана; источник откуда пришел на сайт пользователь; с какого сайта или по какой рекламе; язык ОС и Браузера; какие страницы открывает и на какие кнопки нажимает пользователь; ip-адрес) в целях функционирования сайта, проведения ретаргетинга и проведения статистических исследований и обзоров. Если вы не хотите, чтобы ваши данные обрабатывались, покиньте сайт.

(требование ФЗ №152. Статья 9 "Согласие субъекта персональных данных на обработку его персональных данных")
Принять