«Ааҕар Сайылык»
Мукучу нэһилиэгин олохтоохторо уустук кэмнэргэ айымньылаахтык үлэлииллэрин уҕарыппаттар. Карантин кэмигэр бэрт кылгас болдьохтоох «Кинигэҕэ мин ураты бэлиэм (дресс-кодум)» диэн акция биллэриллибитэ.
Ханнык баҕарар киһи туох эрэ ураты көрүүлээх буолар. Акция сүрүн ирдэбилинэн – ааҕааччы ис санаатын, эйгэтин кинигэ нөҥүө тус уратытын көрдөрүүтэ буолар. Сахабыт сирин суруйааччытын кинигэлэрин, хаһыаттары, сурунааллары ааҕарга сүбэлэрин биэрдилэр.
Светлана Самсонова-Сиибиктэ. “Саха сүрэҕэ” Аныгы ааҕааччы, өскөтүн эн уус-уран өттүнэн үрдүк таһымнаах, баай-талым ис хоһоонноох, ураты тыыннаах айымньыны ааҕыаххын саныыр буоллаххына, суруналыыс, суруйааччы, айанньыт Борис Павлов “Саха сүрэҕэ”кинигэтин илиигэр ыл. Тас өттүттэн да тутан-хабан көрдөххүнэ, ис сүрэхтэн кыһаллан оҥоһуллубута көстөр, дьон болҕомтотун тардар. Кинигэ 2019 сыллаахха Дьокуускай куоракка “Көмүөл” бэчээт кыһатыгар 1000 ахсаанынан тахсыбыт. Таһыгар сүүһүгэр ачыкытын өрө анньыммыт дуоспуруннаах саха киһитэ уун-утары көрөн олорор. Истиҥ, сэргээҥ эрэ дьэ туох сэһэннээх-сэппэннээх эбитий? Инники илииһи арыйбыппар, кинигэттэн кистэлэҥ күүс, сылаас кэлэр, сырдык сыдьаайар курдук… “Саха сүрэҕэ” хайдаҕын билиэх баҕам күүһүрэр, өйүм-санаам уһуктар… Оттон эйиэхэ?»
Новикова Ксенья Егоровна «#Ааҕар Сайылык сылыгар “Кинигэҕэ мин ураты бэлиэм” акцияҕа кыттыһан миэхэ быйыл саас бэлэхтэммит уонна бэйэм атыылаһан ааҕа сылдьар кинигэлэрбин билиһиннэрэбин.
1. Наталья Михалева – Сайа “Алтан сэргэм” кинигэтин бэлэхтээбиттэрэ. Онуоха олус үөрүуүум. Биллэр поэт “Илбиргэстээх илбис тылынан Иэйэн – куойан” 1987-2014 сыл кэнниттэн суруйбут хоһоонноро барыта киирбиттэр. “Алгыстаах Айыы Куо” – диэн монографияттан киирии тылы тыл билимин дуоктара Варвара Окорокова суруйбут: ” П.А.” Саха тыла сайдыа диэн саныыбын” – диэн эрэлин бу түгэҥҥэ, чахчы да, Сайа олоххо киллэрэ сылдьар поэт буолар” – диэн суруйбута олус элбэҕи этэр. Кинигэ “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 2019 с. тахсыбыт. 27.04. Республикабыт күнүгэр, тапталлаах Сахабыт сиригэр анаммыт чаҕылхай хоһооннор бааллар. Онон бу кинигэни ааҕыҥ диэн сүбэлиибин. Бэлэхтээбит киһибэр өссө төгүл махтанабын.
2. “Саха сирин тустууктара” Саха бастакы тустууктарын туһунан спортивнай суруналыыс Иван Семенович Кычкин ситэриллэн бэриллибит ыстатыйаларын хомуурунньуга. Бу кинигэ бастаан 1969 сыллаахха 5000 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт.2019с. 500экз. тахсыбыт.
3. А.Г.Старостин – Сиэн Кынат “Дьикти мин тулам” – диэн төрөппүт оҕотугар ааҕар кинигэтэ. Кини суруйааччы хоһооннорун нөҥүө тулалыыр айылҕаҕа тапталы уһугуннарыа. Дьэрэкээн ойуулар тула баар кэрэни сыаналыырга үөрэтэр, иитэр аналлаахтар.
4. П.А.Ойуунускай “Саха тыла сайдыа диэн саныыбын” – диэн этиитэ туоларыгар баҕалаах саха киһитэ барыта оҕолоро ааҕалларыгар анаан сахалыы тыллаах “Кэскил” хаһыаты, “Хатан”, “Чуораанчык” сурунааллары суруйтарыҥ диэн ынырабын!
Корнилова Екатерина Ивановна. “Тирэх кинигэлэр…”
Киһи буолан үүнэн-силигилээн тахсарбар тирэх буолбут уонна күн бүгүҥҥэ диэри туһалыы сылдьар кинигэлэрбин эһиэхэ билиһиннэрэбин …
1) Д.М.Гаврильев “Өйдөбүнньүк”, “Өлбөт өрөгөй”. Бу дьоҕус ытыс саҕа кинигэлэргэ саха буойуннарын ахтыылара, буорах сыттаах суруктара, өлбүтүн, ханна көмүллүбүтүн туһунан биллэриилэрэ түмүллүбүттэр. Бу кинигэлэр сэриини баарынан сырдаталлар…
Тустаах дьоҥҥо олус улахан суолталаах. 250 сирэйгэ ийэбинэн эбэм бастакы кэргэнэ Барахов Зиновий Георгиевич, гвардия сержана, көмүс уҥуоҕа көмүллүбүт сирэ сурулла сылдьар…
2) Советскай Союз Геройа Н.А.Кондаков биллиилээх радиосуруналыыһынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бу кинигэҕэ 17 композицията киирбит. Биирдэстэрэ – “Мин ” Анютаны” көрбүт курдукпун” Т.Е.Сметаниҥҥа анаммыт. Уруоктарбар, кылаас чаастарыгар элбэхтик туһанар кинигэм.
3) “Оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт” кинигэ Саха сиригэр пионерскай тэрилтэлэр сүҥкэннээхэй үлэлэрин, ситиһиилэрин сэһэргиир. Киһи сөҕөр бастааҥҥы пионердар кыайа туппуттарын, дьарамай сарыннарыгар сүкпүт улахан соруктарын, былааннарын… 1930 сыллааҕы пионердар бастакы слёттарыгар Бүлүүттэн делегат быһыытынан тулаайах уолчаан Миша Алексеев атах сыгынньаҕын кэлбитэ кэпсэнэр. Кини кэлин улууканнаах педагог буолбута…
4) Г.И.Макаров – Дьуон Дьаҥылы – фронтовик-поэт. Бу кинигэҕэ фроннааҕы хоһоонноро тиһиллэ сылдьаллар: сэрии иэдээнэ, онтон толлубатах саллааттар уобарастара чаҕылхайдык ойууланар…
5) учууталым С.С.Ионов-Сеса ” Тоҕус кутаа тулатыгар” кэпсээннэрин хомуурунньуга нэһилиэкпит уруккутун сэһэргиир. Дьоммут хайдах үлэлээн-хамнаан, сырдык олоҕу турууласпыттарын билиэх тустаахпыт…
6) Бу хап-халыҥ, хап-хара кинигэ элбэҕи да элбэҕи кэпсиир… Саха сиринээҕи араас событие барыта баар… Омоҕойдоох Эллэйтэн саҕалаан бөдөҥ учуонай, герой, личность – барыларын сэһэргиир…
7) “Излучать свет” – Сэбиэскэй Союз уһулуччу кыаҕын сэһэргиир. Оҕо сылдьан бу кинигэттэн космонавтика туһунан олус сэргээн ааҕар этим. Чахчы аан дойдуга саамай кыахтаах государство буоларбытын толору туоһулуур… билигин дөрүн-дөрүн харааста ааҕабын…»
Ааҕыҥ, сэргээҥ, биһирээҥ!
Им И.Н., Мукучу модельнай
библиотекатын сэбиэдиссэйэ
Ыам ыйын 3 күнэ 2020 сыл
Поделиться ссылкой: