10.09.2024

Үйэлэри уҥуордаан

Ааҕар Мукучу сылыгар ананар

«Бичик» кинигэ кыһата 2019 сыллаахха “Пушкин остуоруйалара” диэн ааттаах бэртээхэй кинигэни таһаарбыта. Никифорова Марина Георгиевна оскуола алын кылааһын оҕолоругар анаан түмпүт. Кинигэ бөдөҥ буукубалардаах, дьэрэкээн ойуулардаах. Хомуурунньук классик 220 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар.

“Балыксыт уонна балык туһунан остуоруйа”, “Өлбүт сарыабына уонна сэттэ бухатыыр туһунан остуоруйалары” Валерий Чиряев тылбаастаабыт, “Салтаан саар, кини албан ааттаах, күүстээх-уохтаах бухатыыр Гвидон Салтаанабыс кинээс уонна түөкүн Куба сарыабына тустарынан остуоруйаны” Феоктист Софронов тылбаастаабыт, “Кыһыл көмүс бөтүүкчээн” туһунан остуоруйаны Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ тылбаастаабыт, “Аҕабыыт уонна кини хамначчыта Балда туһунан остуоруйаны” Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы тылбаастаабыт үлэлэрэ киирбиттэр.

“Ааҕар Мукучу” түһүлгэ ааҕааччыларын этиилэринэн Александр Пушкин саамай бастыҥ айымньыларынан остуоруйалар буолаллар.

Улуу суруйааччы Александр Сергеевич айымньылара иитэр суолтата дириҥ ол иһин үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ.

Им И.Н., Мукучу
модельнай библиотекатын сэбидиссэйэ.
Бэс ыйын 6 күнэ, 2020 сыл

Поделиться ссылкой:

Авторизация
*
*
Регистрация
*
*
*
Пароль не введен
Генерация пароля
Продолжая использовать наш сайт, вы даете согласие на обработку файлов cookie, пользовательских данных (сведения о местоположении; тип и версия ОС; тип и версия Браузера; тип устройства и разрешение его экрана; источник откуда пришел на сайт пользователь; с какого сайта или по какой рекламе; язык ОС и Браузера; какие страницы открывает и на какие кнопки нажимает пользователь; ip-адрес) в целях функционирования сайта, проведения ретаргетинга и проведения статистических исследований и обзоров. Если вы не хотите, чтобы ваши данные обрабатывались, покиньте сайт.

(требование ФЗ №152. Статья 9 "Согласие субъекта персональных данных на обработку его персональных данных")
Принять