08.10.2024

Кэбээйи улууһун фольклорун үйэтитии

«…Кобяйский улус представлен многообразием этнических традиций: южная культура саха и уникальная северная культура эвенов…»

Е.Н. Романова, д.и.н.

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университет Олоҥхону чинчийэр научнай институтун фольклорнай экспедиция кыттыылаахтара: М.Т. Сатанар, А.А. Борисова, Л.Н. Герасимова, С.Д. Львова, В.Н. Габышев. Икки түһүмэҕинэн барыта 13 нэһилиэги хабан үлэлээтилэр, ытык кырдьаҕастары көрсөн кэпсэттилэр, сурукка тистилэр, хаартыскаҕа уонна видеоҕа устан үйэтиттилэр. Бу сыралаах үлэ түмүгүнэн “Кэбээйи фольклора” диэн кинигэ үбүлэнэн күн сирин көрдө.

Кинигэҕэ кэбээйилэр киэн туттуубут – биллэр олоҥхоһуппут Ф.С. Семенов – Кырса “Биэ уола Бэйбэльдьийэ Тулайаах” олоҥхото, былыргы үһүйээннэр, номохтор, Ламыҥха эбээннэрин фольклора уонна урут киэҥ эйгэҕэ тахса илик, билигин да норуокка баар аныгы фольклор матырыйааллара киирдилэр.

Биһиги улууспут сирин – дойдутун, ураты дьоҕурдаах дьонун – сэргэтин, итэҕэлин, сиэрин – туомун туһунан өйдөнүмтүө тылынан суруллубут кинигэ ааҕааччы болҕомтотун тардыа дии саныыбын. Кэлэр көлүөнэ ыччат ааспыт сыллар үтүө дьоннорун туһунан элбэҕи билэн, кинилэри холобур оҥостон, киэн туттан төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, сиэрдээх – майгылаах буоларыгар кинигэ олук ууруо диэн эрэнэбин.

Кинигэ тахсарыгар сыралаһан үлэлэспит улууһум дьонугар уонна Олоҥхону чинчийэр научнай институт үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

Саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ Кэбээйи улууһун, Мукучу нэһилиэгэр сэтинньи 28 күнүгэр үрдүк таһымнаахтык ааста.

Поделиться ссылкой:

Авторизация
*
*
Регистрация
*
*
*
Пароль не введен
Генерация пароля
Продолжая использовать наш сайт, вы даете согласие на обработку файлов cookie, пользовательских данных (сведения о местоположении; тип и версия ОС; тип и версия Браузера; тип устройства и разрешение его экрана; источник откуда пришел на сайт пользователь; с какого сайта или по какой рекламе; язык ОС и Браузера; какие страницы открывает и на какие кнопки нажимает пользователь; ip-адрес) в целях функционирования сайта, проведения ретаргетинга и проведения статистических исследований и обзоров. Если вы не хотите, чтобы ваши данные обрабатывались, покиньте сайт.

(требование ФЗ №152. Статья 9 "Согласие субъекта персональных данных на обработку его персональных данных")
Принять