08.10.2024

Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар ананар

Аар саарга аатырбыт Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ытык бэлиэни” туттарыы хамсааһына буола турар.

Кулун тутар 1 күнүгэр бу эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ улууспут аатыттан Мукучу кэрэ эйгэтин оскуолатын специалистара: Борисова Анна Павловна – СӨ культуратын туйгуна, үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччы, Макарова Айталина Григорьевна – Кэбээйи күөрэгэйэ, СӨ культуратын туйгуна, Ботуева Степанида Васильевна – фольклор салаатын педагога, Кычкина Анна Григорьевна – СӨ культуратын туйгуна, педагога кыттыыны ыллылар. Горнай улууһугар Ааһыма нэһилиэгин кулуубугар сахалыы таҥастаах, дэйбиирдээх дьоннор көрсүбүттэр, алгыстаах алаадьынан күндүлээбиттэр. Туойбуттар, күн эргиирэ оһуохайы толорбуттар, 9 мэҥэ хамсаныыны оҥорбуттар (электроннай варианын биэрбиттэр), уопсайынан тэрээһин хаамыыта барыта Сэргэй Сибиэрэп истиилинэн ыытыллыбыт. Мэҥэ бэлиэни Горнай улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнигын солбуйааччыта Алексеева Софья Никитична туттарбыт, делегация салайааччыта Борисова Анна Павловна «Кэбээйи улууһа» диэн суругу уонна саламаны баайбыт.

Бүгүн «Арчы» дьиэтигэр биллиилээх оһуохайдьыт, олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, норуот үҥкүүтүн маастара, РСФСР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Үлэ Кыһыл Знамя уордьанын кавалера, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, саха былыргы ритуальнай үҥкүүлэрин үйэтиппит ытык киһибит Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола үтүө аатыгар сүгүрүйэ муһуннубут. Петр Дохунаев аал уоту оттон, сиэри-туому толорон алгыстаата. Сыана бэтэрээнэ Антонина Каримова туойда. «Дайан» СК специалистара ыалдьыттары арыылаах алаадьынан айах туттулар. Оҕо кэрэ эйгэтин кыһатын (директор Степанов Р. К.) үөрэнээччилэрэ үҥкүүлээн киэргэттилэр.

«Мукучу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Сысоева А. И. тыл эттэ, II Лүүчүн нэһилиэгин депутатыгар Гурьев А. А. “Ытык бэлиэни” туттарда. Сунтаартаах төрүттээх Аркадий Афанасьевич зал устун хаама сылдьан бэлиэ суолтатын кэпсээтэ уонна биир дойдулааҕын айар үлэтиттэн билиһиннэрдэ.

Сэргэй Сибиэрэп аатырбыт 9 мэҥэ хамсаныытынан Сунтаар улууһун культуратын уонна айылгы салалтата видео оҥорон ыыппытын көрөн туран хамсаныыны толордубут. Дойдум ыһыаҕар сылдьыбыт курдук санаан дуоһуйдум.

Модельнай библиотека «Үйэлэргэ сүгүрүйэр киһибит» диэн кинигэ быыстапкатын оҥордо. Сунтаартан төрүттээх, бибилитиэкэ сэбиэдиссэйэ биир дойдулааҕын туһунан сырдатта. Ол курдук Сэргэй Сибиэрэп ансамбылын биир сүрүн, бастыҥ, имигэс хамсаныылаах, уһун суһуохтаах үҥкүүһүтүн Кривошапкина-Ким Кымня Муксумовна туһунан кэпсээтэ. Кини Москваҕа тиийэ кыттыбыта. Үс көлүөнэ дьон – Кымня Муксумовна, Маргарита, Лена – күн бүгүнүгэр диэри үҥкүүнү өрө туппут сыдьааннар буолаллар.

Кыыл Уола “Мин Сүрэҕим” диэн тэттик айымньытын ыытааччы аахта.
Нэһилиэк оһуокай тылын этээччилэрэ Анна Кычкина, Данил Николаев, Петр Дохунаев түһүлгэни өрө туттулар.

Бары хаартыскаҕа түспүттэрин кэннэ «Ытык бэлиэни» тутан туран олохтоохтор, тэрийээччилэр, биир дойдулаахтара, Сэргэй Сибиэрэп талааныгар сүгүрүйээччилэр хаартыскаҕа түстүлэр.

Ити курдук уопсай өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хамсааһыҥҥа кытынныбыт, тус кылааппытын киллэрдибит.

Им Ия Николаевна,
Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,
Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Хаартыскалар нэһилиэк тэрилтэлэрин фондатыттан ылылыннылар.

Поделиться ссылкой:

Авторизация
*
*
Регистрация
*
*
*
Пароль не введен
Генерация пароля
Продолжая использовать наш сайт, вы даете согласие на обработку файлов cookie, пользовательских данных (сведения о местоположении; тип и версия ОС; тип и версия Браузера; тип устройства и разрешение его экрана; источник откуда пришел на сайт пользователь; с какого сайта или по какой рекламе; язык ОС и Браузера; какие страницы открывает и на какие кнопки нажимает пользователь; ip-адрес) в целях функционирования сайта, проведения ретаргетинга и проведения статистических исследований и обзоров. Если вы не хотите, чтобы ваши данные обрабатывались, покиньте сайт.

(требование ФЗ №152. Статья 9 "Согласие субъекта персональных данных на обработку его персональных данных")
Принять