27 апреля 1922 года была образована Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика (ЯАССР) в составе РСФСР. В 1990 году в Республике была провозглашена Декларация о государственном суверенитете, это и стало новым этапом. В октябре 1991 года был учрежден пост президента республики. Тогда же было изменено название республики на «Республика Саха (Якутия)». 27 сентября стали отмечать – День государственности Республики Саха (Якутия).
Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнэ! Бу бэлиэ күн 1990 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыта. Биһиги дойдубут бэлитиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй тутула уларыйар сүҥкэн суолталаах сылларыгар бу докумуон оччотооҕу тирээн турар кэм ирдэбилэ этэ, Саха сирин хас биирдии олохтооҕун дьылҕатын быһаарар суолталаммыта.
Саҥа уларыйыылар кэмнэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ быраап өттүнэн анал туругун чопчулаабыта уонна Арассыыйа Федерациятын кытта быстыспат ситимин бигэргэппитэ.
Өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтата уонна уопсастыбаннаһа тыҥааһыннаах бэлитиичэскэй быһыыга-майгыга биһиги кэскилбитин быһаарбыт соҕотох сөптөөх суолу талбыттарын бэлиэтээн туран кинилэргэ дириҥ ытыктабылбытын биллэрэбит.
Күндү Саха сирин бука бары олохтоохторо! Судаарыстыбаннас күнэ – Сахабыт сирин бары олохтоохторун сомоҕолуур бырааһынньык! Күүспүтүн түмэр, төрөөбүт дойдубут дьылҕатыгар кыттыгастаахпытын санатар өссө биир тоҕоостоох төрүөт! Хас биирдиигитигэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабыт! Хас биирдии күн эһиэхэ түстүүр кыахтара ситиһиилэринэн эргийиэхтиннэр!
Поделиться ссылкой:
Спасибо! Отличный блог!
Спасибо за отзыв